Сахалыы

18 октября 2026

Петр Неустроев 78 сааһыгар ат үрдүттэн оҕунан ытыы тириэньэрин идэтин баһылаата

Өр сылларга Ньурба Күндээдэтигэр олорбут спорт бэтэрээнэ үлэҕэ-олоххо көхтөөх сыһыанынан, эрчиминэн элбэх дьону сөхтөрөр уонна холобур буолар.  76 сааһыгар «Сахаада» спордун маастарын нуорматын толорбута. Дойду араас регионнарынан, кыраныысса таһыгар тиийэ араас күрэхтэһиилэргэ кыттар. Быйыл Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтун 6 ыйдаах үөрэҕин бүтэрэн, ат үрдүттэн оҕунан ытыы тириэньэрин идэтин баһылаата. Истэр тухары маннык түгэн суоҕа, дьикти диэтэҕиҥ.
9 октября 2026

Эбээн-Бытантайга “Выжившая” кулунчук үс ый ууга хаайтаран соҕотох сырытта

“Хас да сылгыбыт халаан уутугар былдьаммыта. Арай биир кулунчукпут эрэ барахсан тыыннаах хаалбыт, тааска хатаастан турарын дьон көрөн тыллаабыттара", —  диэн, хаһаайка Лена Бочкарева кэпсээтэ.
15 сентября 2026

Сунтаарга дьаабылыка, вишня ситэн соһутта

Улуус кииниин олохтоохторо Валентина уонна Артур Ивановтар араас дойдуларга айаннаатахтарына мэлдьи мас, талах үнүгэһин аҕалан үүннэрэр үгэстээхтэр. Күн бүгүн дьоҕус 6 суотай уһаайбаларыгар 13 араас көрүҥ мас, талах: яблоня үс көрүҥэ, рябина, жимолость, акация, облепиха, кизильник, охта, лох серебристый, вишня уо.д.а. чэлгийэ үүнэллэр. Ону таһынан, сибэкки арааһын ааҕан сиппэккин. Роза сибэкки угар тиийэ баар. Бу сайын пион сибэккилээн дьиэлээхтэри үөрдүбүт.
11 сентября 2026

Муома: оттооһун кыһалҕалара

Ити төрдө-төрүөтэ угут эрэ дьыл буолбатах.
8 сентября 2026

Бүгүн Дойдуга – Ленинград блокадатын сиэртибэлэрин ахтар ааһар күн

Ленинград кѳмүскэлигэр сылдьыбыт Чурапчы буойуттара.
16 августа 2026

Өймөкөөн орто оскуолата Арассыыйа таһымнаах куонкуруска кыттыаҕа

Билиини тарҕатар, үөрэх уонна сырдатыы үлэтинэн дьарыктанар «Знание» уопсастыба тэрийбит Бүтүн Арассыыйатааҕы оскуолалар мусуойдарын куонкуруһун финалыгар Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолата тахсар чиэскэ тигистэ.
8 августа 2026

Кыһалҕаны быһаарарга отчуттар үөһэттэн көмө көрдүүллэр

От ыйын саҕана ардахтаах күн-дьыл туран, үгүс ходуһа ууга былдьаммыта. Билигин да тыһыынчанан га оттуур сир уу анныгар сытар. Оттон сорох уу тардыбыт сирдэригэр от хаачыстыбата биллэ мөлтөөбүт.